Instagram story viewer> @kunney_uran> Post
21 days ago
Photo by 𝓚𝓾𝓷𝓷𝓮𝔂 on October 14, 2026. May be an image of nature, ski slope, arctic, snow and text.
Photo by 𝓚𝓾𝓷𝓷𝓮𝔂 on October 14, 2026. May be an image of nature, ski slope, snow and text.
Photo by 𝓚𝓾𝓷𝓷𝓮𝔂 on October 14, 2026. May be an image of horse, pony, nature, arctic and text.
Photo by 𝓚𝓾𝓷𝓷𝓮𝔂 on October 14, 2026. May be an image of arctic, nature, ski slope, twilight, snow and text.
Photo by 𝓚𝓾𝓷𝓷𝓮𝔂 on October 14, 2026. May be an image of arctic, nature, ski slope, snow and text.
Photo by 𝓚𝓾𝓷𝓷𝓮𝔂 on October 14, 2026. May be an image of arctic, twilight, nature, ski slope, snow and text.
Photo by 𝓚𝓾𝓷𝓷𝓮𝔂 on October 14, 2026. May be an image of arctic, nature and text.
Photo by 𝓚𝓾𝓷𝓷𝓮𝔂 on October 14, 2026. May be an image of lantern, lamp, lightbulb, twilight, lamppost, snow and text.
Photo by 𝓚𝓾𝓷𝓷𝓮𝔂 on October 14, 2026. May be an image of nature, ski slope, arctic, lake, twilight, snow and text.
0
Posted On: October 15th 2026, 12:50 am
Кыһыҥҥы айылҕам

Кыһыҥҥы айылҕам оһуоргун бүрүнэн,
Кыыдамныыр хааргынан ойуугун түһэрэн,
Кыраһа суруккар алгыскын тириэрдэн,
Кырымах түүлэнэн айаннаа тилийэн.

Хатыҥнар оргууйдук саҕынньах кэтэннэр,
Хампа күөх алааһы сайыһа түһүүллэр,
Тиит мастар наҕыллык, холкутук киэргэнэн,
Тибиилээх күннэри хорсуннук үүрэллэр.

Дьөһөгөй оҕото кыл сиэлин уһатан,
Дьоһуннук ол онно сылаастык сууланан,
Дьорҕооттоон көрбөккө эйэргиир майгынан
Дьохсоллон тураахтыыр олохтон манньыйан.

Ханнык да дьыл кэмэ ураты көстүүлээх,
Хартыына кэриэтэ дьүһүйэр үгэстээх,
Хараҕы үөрдэр дьүрүскэн сүүрүктээх,
Харыстыыр, абылыыр дьикти эйгэлээх.

Кыыдааннаах кыһыным, иэйиибэр кыттыс дуу,
Кырыалаах тымныыкам, ол ону батыс дуу,
Кылыһах кыттыһан, кырыымпа кылланан,
Кыырайа көтүөххэ, дьыбарга ыллаһан.

@Саргын кыыһа Күннэй

#айаркутумаргыстара #уранкүннэйхоһоонноро #кыһыҥҥыайылҕа

More posts

back to up